Tilda Publishing

Иитээччилэргэ сүбэ


        Олонхо тыла –өһө баай, ойулааһына киэн буолан,оҕолор өйдөөмүөхтэрин сөп. Онон бастаан олоҥхону остуоруйа курдук кэпсээн, оонньоон көрдөрөн, иһиттиннэрэн, билсиһэн, интириэһи тардан, умсугутуу үлэтин ыытабын.
        Оонньуу-оҕо саамай сөбүлүүр, үлүһүйэр дьарыга. Оонньообокко эрэ оҕо улааппат. Оонньуу бириэмэтигэр оҕо үүнэр-сайдар, билиитэ кэҥиир, ситимнээн саҥарарга үөрэнэр, кэпсиир,айар дьоҕура сайдарыгар олук уурар. Ол иһин оҕо оонньоон олонхо өйдөбүлүгэр түргэнник киирэригэр, оонньуу эйгэлэрин тэрийдим. Дьэ, ол кэннэ илдьиритэн баран дьарыкка киирэбит. Оонньуу кэмигэр оҕо олоҥхо ис тутулун, үс дойдуну, олохтоохтору, олоҥхо хамыытын өйдүү үөрэнэр. Сырдык күүс-хараҥа күүстэр диэн араара билэр. Оҕолор олоҥхону болҕойон, умсугуйан истэллэр эбит. Олоҥхоҕо кэпсэнэр геройдары кытта тэҥҥэ үөрэн-хомойон, кинилэр уобарастарын өйдөөбүт оҕо, кинилэр курдук эр санаалаах, хорсун-хоодуот, тулуурдаах, быһый күстээх,өйдүүх, нарын-намчы, үлэһит буоларга дьулуһаллар. Ону күннээҕи оонньууларыгар көрүөххэ сөп.
        Ииттээччи олоҥхону оҕолорго үөрэтэн, театр туруоран баҕарар буоллаҕына, мин санаабар бастаан ханнык олоҥхону таларын, ааҕан билсэн, иитээччи бэйэтэ олоҥхо туһунан дириҥ өйдөбүллээх буолуон наада. Литератураны билсиһии, семинарга, курска сылдьан билиитин хаҥатара ордук. Сатаан тыынарга, дэгэрэҥ ырыаҕа,тойукка дьарыктанара биһирэнэр дии саныыбын.олоҥхо олоххо бары эйгэни барытын хабар, онон бэлэмнээх иитээччи оҕоҕо тириэрдэрэ көдьүүстээх буолуо.Ол кэннэ ньыматын булуон наада, дьэ уонна бөлөҕүнэн олоҥхолуурга уһуйан барар:
-олоҥхону талыы
-быһа тардан сценарий суруйуу, тиэкиһи бэлэмнээһин.
-айымньыны билсии
-таба тыыныы
-тойук дьарыктара
-кэпсээһин,оруоллары үллэрии
-куолас уратыта
-тас дьүһүн-бодо
-көрүү-истии
-туттуу-хаптыы
-уобараска кирии
-тиэкиһи хатылатыы
-дьоҕуру чочуйуу
-олоҥхону туруоруу.
        Олоҥхо тылын сорох оҕо баҕаран туран, тургэнник ылынар, өйдүүр, кэрэхсиир. Дьэ, оннук оҕоҕо олоҥхону этэригэр, үөрэтэригэр чэпчэки буолар. Олоҥхоҕо дьарыктанар оҕо уһун текстэри ыарырҕаппакка өйдүүр, өйгө тутар дьоҕура күүскэ сайдар, дьон иннигэр толлубакка этэр-тыынар, тутта-хапта үөрэнэр, сайдар. Төрүүбүт төрүт тылын саппаааһа байар, «мин сахабын» диэн өйдөбүлэ кэҥиир.
        Иитээччилэргэ этиэм этэ, умсугуйан туран ылсан, оҕолорбут төрүт сахаларын тылын өссө да үйэлэртэн үйэлэргэ сүтэрбэккэ саҥара сылдьалларыгар олукта уурун.
Баҕарабын айымньыылаах үлэни.

Суруйдум Саргылаана Ивановна Мордосова

-үрдук категориялаах иитээччи

«Кустук» уһуйаан Партизан бөһүөлэгэ