Бары
-Истиҥ эрэ, доҕоттоор!
Үгүс элбэх үлэлээх
Өбүгэ дьоннорбут,
Үгэ хоһоонноох
Чахчыны кырдьыгы
Чаҕыйбакка этэр,
Чабырҕах диэн
Чаҕылхай тыллаах
Дьарыктаах эбиттэр!
Бары (ырыанан)
Этэҕэ-тэтэҕэ
Иэрэҥ-дьиэрэҥ
Холкуй-илкий
Кубулуҥ-дьибилиҥ!
-Чэйиҥ-чэйиҥ оҕолоор!
Чуочаллан тураммыт
Чорбоччу туттаммыт
Чабырҕахтаан ылыаҕыҥ
Чапчыйа түһүөҕүҥ!
Бары ОНУУК-ОННУК
-Күөрэгэйдиир күөннэрдээх,
Тартайаахтыыр таныылаах,
Тордохтоохой хоҥоруулаах,
Алаҕаркаан харахтаах,
Чөрөгөгкөөн кулгаахтаах,
Өрүкүйэр көҕүллээх
Дьогдьоҕоркоон
Сааллардаах,
Ньалакалыыр сиэллэрдээх,
Кэдэгэркээн систэрдээх,
Ласпаҕаркаан самыылаах!
-Оҥочо куйаар кутуруктаах,
Хаҥаласчай былчыҥнаах,
Таҥаралыыр бэчээттээх,
Сабаҕалыыр дьаҕыллаах,
Түөрт төүрэм туйахтаах,
Дьөһөгөйтөн төлкөлөөх,
Соноҕосчой барахсан!
Бары КЫРДЬЫК ДАҔАНЫ!
-Бары Ходьороҥ-бэдьэрэҥ,
Иэдьэрэҥ-баадьараҥ,
Хайбараҥ-байбараҥ,
Тоһугур-таһыгыр,
Хабылык-тибилик,
Кыбылык-чыбылык,
Өрөйүү-чөрөйүү,
Сиэлии-тамайыы,
Тыыныы-тыбыырыы,
Дьырылыы-кисти,
Кутурук субуллуу,
Сыыдам сыры-ыы!
-Тиис хамсатар
Дьэллик элэиэс,
Уос хамссатар
Уһун улаан,
Мурун хамсатар
Мускулла буулуур,
Иэдэс хамсатар
Эргиэлимэ элэмэс,
Харах хамсатар
Халыан хара,
Көҕүл хамсатар
Көннөрү көҕөччөр!
Бары НОО!
-Кэтэх хамсатар
Кэнтэли кэрэ,
Сиэл хамсатар
Сиксиллэ сиэр,
Арҕас хамсатар
Адырыын араҕас,
Хаппар хамсатар
Хаамыылаах хара!
-Сыыдам сырыылаах
Аллаах атым
Сындалҕаннаах айаҥҥа
Тоһугур-таһыгыр сиэллэрэн,
Кутурук куйбаҥнаан,
Суһал соҕустук айаннаан,
Төрөөбүт алааһым
Тиэргэнигэр тиэрдиэҕэ!