Tilda Publishing

Россияҕа «Дьиэ кэргэн», Саха сиригэр «Оҕо саас», Нам улууһугар «Оҕо спордун» сылыгар аналлаах Партизан нэһилиэгин «Кустук» оҕо уһуйаанын ыһыаҕын сценария

 «Күөх сайыны уруйдуоҕун доҕоттоор!»

 


 

 

Сценарий тосхолун оҥордо:

Саргылаана Ивановна Мордосова

«Туллукчаан болох иитээччитэ.

 

 

 

ыам ыйа 2024с.

1.     Кирии.

(фон. музыка тыаьыыр) ыытааччы:
- Норуон –Норгуй ытык мааны ыалдьыттар!
Норуон- Норгуй кырачаан, мааны о5олор!
Ууммут куох сайыны уруйдуу
Муьуннубут мааны сиргэ:
Бугун ытык кун!
Бугун ыьыах кунэ!
Ыьыах-куну корсуу
Ыьыах-сайыны уруйдуур
Ыьыах-саха норуотун бырааьынньыга!

Сайын сахам сиригэр
Са5аланар куох оттон
Сайын сахам сиригэр,
Са5аланар аьыахтан!

2.     Алгыс

Ыьыах са5аланар алгыьынан, (фон. музыка хомус)
Арчыланыа5ын до5оттор!
 
(церемония алгыс)

Сайын барахсан
Сырдыгын, ырааьын!
Куох сайыны биьиги
Уруйдуо5ун до5оттоор!

3.     Салама ыйааьына

Самаан сайын салаллан кэллэ,
Кэрэ сайын, кэрэтин да5аны!
О5о аймах уоруутэ уксээтэ
Кун комус ута5ын сыыйаммын, хатынна салама баайыа5ым.
Обугэ са5аттан, илдьэ кэлбит биир сиэрбитин-туоммутун оноруох иннинэ, убаастабыллаах тороппуттэр о5о аайы бирдии кырыллыбыт танаьы ситиигэ сырдык, кэскиллээх санааны ба5аран туран иилэн, баайан кэбиьиэ5ин уонна биьи д/c биир саамай кэрэ,хотун маьыгар хатынна ииллэхпит буоллун.
Салама-саха киьитигэр, аан дойдуну, киьи айма5ы, уоьээ айыылары биир санаа5а киллэрэн арчылыыр, араначчылыыр аналлаах.

4.     Э5эрдэ нуомэрдэр

- Билигин са5аланыахтара, сайыны корсо э5эрдэ ногуомэрдэр.
1. Уьуга суох уьун уйэлээх,
Коруохтэн кэрэ ойуулаах,
Кунду чомчук таастаах,
Киьини сипсийэр куоластаах,
Бутэ охсубат уьун тыыннаах,
Коочуктэнэр комус дуйдаах,
Сурэххэ суудуйэр дор5оонноох
Хонкунас хомус барахсан
Уйэлэргэ дьуруьуй!
О5о сааспыт аргыьа,
О5о сааспыт хомуьа!
Кунчээн болох о5олорун толорууларыгар поппури «Ыьыах тойуга»

2. –Сибэккилэр сэгэлдьиьэ
Сиккиэр тыалга уорбуттэр,
Отур-ботур сипсиьэ
Сэьэргэьэн барбыттар.
Саргэхсийэ сиэттиьэн
Дьиэрэнкэйдээн ылбыттар,
Кырдал урдук киэргэтэн
Араас онунэн симээбиттэр.
Ырыа «Сибэкки» «Туллукчаан болох о5олорун толорууларыгар.

3. –Обугэ дьоннорбут
Ороон-хонон сылдьан
Сонун оностон
Сото кэбиьэн олорон
Санаалара кэлэн,
Сургэлэрэ кото5уллэн,
Талах олох маска
Тобугун букутан
Хоьоллон олорон,
Комулуок оьох
Суоьугар сыраллан
Ко5устэрин сылытан,
Кэпсээннээх буолан
Ко5устэрин этитэн,
«Дьэ эрэ!-диэн сэнэриилээх,
«Ноо!»-диэн до5уьуоллаах
Кэпсээн-ипсээн
Кэ5ийэн барда5ына
Хайа Ураанхай Саха нохтоллоох сурэ5э
Долгуйбата , уорбэтэ буолуой.
Эьиги инникитигэр «Кун бытархайа» фольклор болох толоруутугар «Майа5атта Бэрт Хара»

4. Дьуруьуй хомуьуом
Дьырылаа хомуьуом. 
Кэрэли Садовникова толоруутугар ырыа «Хомус».

5.-Алаас алтан отунан
Арылыччы сырдаата,
Муоттээх салгын сытынан
Минньигэстик уураата.
Уоруу-котуу ункуутэ,
Уунэр куммут утуотэ
Санаабытын кынаттаан,
Уйгу сайыны айхаллаа!
-«Оьуор ункуутэ», бары уорэ-кото туруо5ун, оьуор ункуутун тэннэ хамсаныа5ын.

5.»Дьиэ кэргэн сахалыы танаьа»

Киэн халлаан таналай былытын
Танаспар оьуордуу анньыа5ым,
Кулумнэс дьэргэлгэн ороммун,
Барчалаах байбара тиктиэ5им.
Уу ньуурун кундэлин суьэммин,
Бастын, ытыр5а кэтиэ5им,
Эгэлгэ сибэкки хонулаах
Сиэдэрэй соруолээх буолуо5ун.

Сцена5а «Дьиэ кэргэн сахалыы танаьын» коруу кыттыылаахтарын дохсун ытыс тыаьынан корсуо5ун, ынырабыт.

1.     Эьиги иннигитигэр кырачаан «Чуораанчык» болохтон(ийэ,а5а, о5олор ааттара) дьиэ кэргэн.
2.     Туллукчаан болохтон …дьиэ кэргэттэрэ, дохсун ытыс тыаьа.
3.     Кунчээн болохтон…дьиэ кэргэттэрэ, корсун ытыс тыаьынан.

Ыйытыктар:
«Чуораанчык»-сахалыы танас материала?
«Туллукчаан»-сахалыы киэргэллэри аатта?
«Кунчээн»-сахалыы танас коруннэрин ааттаа?

-Мааны торуппуттэрбитин, оссо тогул барыбыт иннигэр хааман кордороргутугэр ынырабыт.
Уонна уорэн-котон туран,сахалыы танаьы, киэргэли кэпсээбиккитигэр, кордорбуккутугэр махтанан туран ойдобунньук бэлэхтэрбитин туттарарбытын конуллээн.

6  . «Обугэ оонньуулара»

-Урдук уоруу орогой са5аланар ыьыахха,
Туолбэлээннэр тумсэннэр, тогуруччу олорон,
Кусээхтэртиин курэстэьэн, быьыйдардыын сырсаьан,
Кыырайар кынаттардаахтыын кылыйсан,
Ууналас атахтаахтаахтардыын куобахтаан,
Суурук аттары ко5отон,
Кору-нары тардыа5ын

Туьумэхтэр:
-аттар тустулэр
-мас тардаьыыта
-хапсагай
-тааьы кото5уу (Ба5алаах 3 болох о5олоро)

-Бары кыттабыт а5алары, о5олору э5эрдэлээн туран «Торут обугэ оонньууларын» таптаан, дьарыктанын, куустээх-уохтаах, кыахтаах буолун диэн ынырабыт.

7. «Оьуохай»

Аны билигин оьуохай туьулгэтигэр ынырарбытын конуллээн
-Оьуон оьуон, оьуон тойук
Оьуокайбыт дуорайбат,
Эьиэн эьиэн, эьиэн эьээйик
Эьиэкэйбит дьиэрэйбит
Угэс буолбут сиэринэн
Урун тунах ыьыа5ы
Омо5ой баай са5аттан
Олохтоммут оьуокайы
Оройуттан тутуо5ун
Эллэй эьэбит эрдэхтэн
Этиллибит эьиэкэйи
Энээритэн ыламмыт
Оьуор уктээн киириэ5ин
Оонньоомохтоон хаалыа5ын (фон.музыка)


8. «Ыьыа5ым маанылаах аьа» туьулгэ.

-Чэ , эрэ до5оттоор!аны маанылаах сандалыбытыгар мустуо5ун.
Симиир иьит кэкэлиир, уохтаах кымыс оргуйар,
Чороон, чохоо, кытыйа
То5уоруьар бу манна.
Уолуллубут эмис эт,
Саьарчы буспут алаадьы,
Саламаат, чохоон, балык арааьа ууруллар.
Урдук уоруу орогой
Са5аланар ыаьыахха.
1.     3 ийэ куорчэх ытыйыыта
2.     Вопрос: куорчэ5и туохтан ытыйдын?
3.     Корчэ5и тугунан ытыйдын?
4.     Куорчэ5и ханнык иьиккэ ытыйдын?
Манылаах сандалыбыт тула олорон сахалыы аспытын амсайыа5ын

Сахалыы торут аспытын умнуман, дьиэ аайы астаан эьи остуолгут куруутун саха аьынан толору буоллун.

9.Тумук.

Бары кэллэн кохтоохтук кыттыбыт о5олорго, торопуттэргэ бар5а махтал!
Курэх тумуктэрин таьаары. (грамота, туоьу суруктар, муьэлэр)